Сунтаар 1. Эчиэкин. Былыр сиригэр Эчиэкин баай олорбут. Кини сылгытын үстэ кыйдаабат: -Тоҕус чакыр сылгыны. -Ус тоҕус кугас сылгыны. -Үс тоҕус дьаҕыл сылгыны. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичичк, 2006, с. 174. 2. Түбэй Дьаархан сиригэр Күһүт диэн куолгэ Сахсыллар Өлөксөй диэн уус олорбута. Биирдэ уотаах хара саһылы өлөрбүт. Ону 40 тыһыынчаҕа атыылаабыт. Ылар: -Биир ат. -Тыйдаах биэ. -Биир сыарҕа бурдук, табаар. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичичк, 2006, с. 174-175. 3. Арыылаахха Хочо маҥаҥнайгы кинээһэ Николай Попов Дабаан үрэххэ сылгы аһаттарбыт. Ньукуолун саҕана халаҥ хаар түспүт. Сылгылар өлөн барбыттар. Арай сүүһүн ортотунан муостаах атыыр эрэ ордон үс хонон баран охтубут. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2006, с. 192-193. 4. Саһар үрэх. Былыр хаҥаластар күрээн кэлэн Саһар урэххэ саһан олорбуттар. 195. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2006, с. 195. 5. Ыгыатта. Эргэй Зверов Ыгыатта Быһыттааҕар 20-чэ сыл олорбута. Кини Бүлүү үрдүнэн аатырбыт оһуокайдьыт уонна үҥкүүһүт. Зверев Д. С. Алгыс түстэниитэ. Якутск: 1999, с. 9. 6. Киччэй. Киччэй ойоҕо Саһар үрэххэ олорбут. Кини ыһыахтары ыытарынан аатырар эбит. 40-ча ыһыаҕы ыытыспыт диэн ааҕаллар. Бэйэтэ олус үчүгэй таҥастаах үскэлэҥ дьахтар этэ дииллэр.
Кириллин С. Д.
Дойдум дьоно. Якутск: Кудук, 2001, с. 76. 7. Улуу Чохороон (баай киһи) Дэгэйэр Элэмэс диэн атынан солууру аҕалтарар ( Солуурдаах үрэххэ баар аатырар Солууру буолуохтаах). Предание, легенды и мифи якутов (саха). Новосибирск: Наука, 1995, с. 122-132. 8. Павлов бандьыыт. Павлов этэрээтэ Күүкэй күөл арыытыгар догуйданан олоро сылдьыбыт. Кинини эйэнэн бэримммит. Ол да буоллар саһа сылдьыбытын 1930 сыллаахха өлөрөлөр.
Кириллин С. Д.
Дойдум дьоно. Якутск: Кудук, 2001, с. 21-22. 9. Ууһунньук 18-с үйэ ортотун диэкки Күүкэйгэ Уунньук Сэмэн диэн киһи олорбут. Кини элбэх киһини отоһукка үөрэтэр. Бэйэтэ үөрэҕэ суох этэ. Федоров Г. Е, Егоров Н. Ф. Сэргэ тула сэһэн. Якутск: 1991, с. 62-63. 10. Оһуор үҥкүүтэ. Түбэй сиригэр Турраҥнаах диэн сиргэ Чыпчыххайдаах удаҕан олорбут. Эрэ Сүүрүк Ньукулай диэн. Кинилэр Оһуор Таас диэн кыыстара өлбут. Ити кыыһы хостотон алааһы эргиэтэр уонна ыһыахтыыр эбиттэр. Ити кэпсээҥҥэ олоҕуран Сергей Зверов “Оһуор үҥкүүтун айбыт. Зверев Д. С. Аҕам туһунан аман өс. Якутск: 1995, с. 84. 11. Алыҥах нэһилиэгин сиригэр Сиидэккэлиир Көлүйэтэ диэн сир баар. Сиидэккэлиир аатырбыт от охсооччу эбит. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2006, с. 274. 12. Дабдыр көлүкэтэ. Дабдыр длиэн аты сэлээбит түүлэрэ кэбиһиилээх от саҕа буолбут. Ол түү сири уулларан Дабдыр Көлүкэтэ диэн үөскээбит. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичичк, 2006, с. 205. 13. Чокуур Уус. Былыр Наахараҕа Чокуур Уус диэн олорбут. Кини сааны кутан оҥорор эбит. Өтөҕө Бүлүү өрүс үрдүгэр баар. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2006, с. 275. 14. Дьаархан сиригэр Арыылаахха Мэҥэ Тумса диэн сиргэ Какааны Мөрөх аҕыс атахтаах араҥаһа баара. Итини икки төгүл кэлэн суйдаан ылбыттара. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2004, с. 263. 15. Кыргыттар ыһыахтара. Былыр Сыҥаах нэһилиэгэр Түһүнэй биэн баай баар эбит. Кини сэттэ кыыстааҕа. Кинилэр Андылаах диэн алааска олорбуттар. Биирдэ кыргыттар ыһыах ыспыттар. Кэлин кыргыттар кэлин бары кэргэн барбыттар. Ол сирдэрэ Ыһыах Ыспыт дэнэр. Сказ о Манчары. Якутск: 1993, с. 262-269. Уус Алдан. 16. Чуоҕур. Аатырбыт сүүрүк. Бастаан Арыҥах Арыылааҕар сүүрдэллэр. Кинини Дьоодьох Хоноһо баайара. Чуоҕур сэрии кэнниттэн кырдьан кыайан сүүрбэт буолбута. Кириллин С. Д. Дойдум дьоно. Якутск: Кудук, 2001, с. 12. 17. Күүкэйгэ Сомсуонап баай олорбута. Кини күүлэй тэрийэр алааһа Куйуурдуур диэн этэ. Онно 40-ча киһи мустара.
Кириллин С. Д.
Дойдум дьоно. Якутск: Кудук, 2001, с. 23. 18. Кутана эргин Тоокуй уустар олорон ааспыттара. Токууса диэн дьахтар уолаттара эбит. Таастарын Бүлүү өрүстэн Араҥастаахтан ылллара үһү.
Кириллин С. Д.
Дойдум дьоно. Якутск: Кудук, 2001, с. 1233-34.. 19. Улуу ыһыах. 1861 сыллаахха Арассыыйаҕа крепостной тутул суох буолуутугар улахан ыһыах буолбут. Онно остоолболору туруорбуттар. Ол иһин бу сир Остоолбо дэнэр.
Кириллин С. Д.
Дой дум дьоно. Якутск: Кудук, 2001, с. 75. 20. 1920 сыллаахха эмиэ Улуу Сыһыыга Остоолбоҕо оһуокайдьыттар 2 килиэмитир кэриҥэ уһуннах эргиири оҥорторбуттара. 4 киһи тыл этэрэ. Итинник улахан оһуокай кэлин буолбатаҕа.
Кириллин С. Д.
Дойдум дьоно. Якутск: Кудук, 2001, с. 77. 21. Кутана сиригэр Батыгараан диэн баай олорбут. Кини Мэник Дьаҕыл диэн аттаах эбит. Саһылы сүүрэн ситэн тииһинэн тутар эбит. Үүрэр сут диэн буолбутугар кини баайа, ол иһигэр Мэник Дьаҕыл аччыктаан өлөллөр Ньырбакаан удьуордара. Якутск: Якутск: 1991,с. 101. 22. Чомоҕор. Тараҕай Болтоҥолор нууччалары кытта сэриилэһэллэр. Онтон бэриммиттэрин кэннэ саха тойон Маһары кэлэ сылдьар. Кини Тараҕайдар кыыстарын Чомоҕору ойох ылан илдьэ барар. Уруу Улуу Сыһыы Таабыр диэн сиригэр буолбут. Кыыс барарагыр Ботомоойуга Нөнөгөр айааныгар биир тиккэ киис баайбыт. Федоров Г. В. Егоров Н. Ф. Сэргэ тула сэһэн. Якутск: 1991 с. 42-47, с. 23. Бырпах Ньукулай Милэкэ киһитэ. Кураҕаччы диэн алааска олорбут. Кини кур оҕуһу сүүһүн дьөлө охсон өлөрбүт. Федоров Г. В. Егоров Н. Ф. Сэргэ тула сэһэн. Якутск: 1991 с. 92-94. 24. Молоткуоп томторо. Молоткуоп кинээс буола сылдьыбыта. Баттабылы утары охсуспута. Онтон сааһыран баран бөлөсүөпүйэнэн дьарыктаммыта. Макаров Д. С. Егор Молотков и его философия. Якутск: Бичик, 1993. 25. Элгээйи ыһыахтыыр сирэ. Бу сиргэ биир тэҥ үрдуктээх бэстэр, тииттэр, хатыҥнар тураллар. Олус бөдөҥнөр. Сирэ сүрдээх дэхси. Саха сиригэр маннык кэрэ сир суох. Билигин ити сир ууга баран турар. Мин көрбүтүм. 26. Хахсый Кини хамначчыт эбит. Маҥнай Хахсый диэн ааттаах эбит.Арыҥахтаахха олорбут. Арыҥах Баай Чөҥөчөчөххө күүлэй оҥорор. Онно көннөрү үлэһит буолан тиийбит Хахсый күулэйгэ кэлбит дьону барытын хотон кэбиһэр. Кэлин от охсуутугар кими да тутуһуннарбатын билэн Баһылай диэн ааттыыллар. Федоров Г. Е, Егоров Н. Ф. Сэргэ тула сэһэн. Якутск: 1991, с. 94-98. 27. Дьаакырдаах ата. Блыр Милэкэ үрэҕин соҕуруу өттүгэр Дьаакырдаах диэн аатрыбыт булчут олорбута. Кини Ойор кугас диэн атынан сылдьан бултуура. Маска айамматын диэн тайах түнэтинэн сон тигэрэ. Кини аытн да кыыллары, тайаҕы кытта атынан эккирэн буолтуура. Федоров Г. Е, Егоров Н. Ф. Сэргэ тула сэһэн. Якутск: 1991, с. 104. 28. Ньэлгэс Дайыыла Аакай Бомугар Ньэлгэс Дайыыла диэн киһи олорбута. Кини киһиттэн уратыта диэн суору аһылык оҥосторо. Ол иһин уор курдук үһун үйэлэннэ дииллэрэ. Кини кырдьан баран тииһэ иккиһин үүммүтэ. 120 сааһыгар диэри олорбута. Федоров Г. Е, Егоров Н. Ф. Сэргэ тула сэһэн. Якутск: 1991, с. 71.
Таатта 1. Игидэй нэһилиэгэр Сэлэ Тарпыт диэн сир баар. Былыр итиннэ ойуун кыыран Оруоһун баагы сылгы тарпыт. Онно сотору Оруоһуннар эстииһилэр диэбит. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2006, с. 197. 2. Дьиэрэҥнээх. Былыр Игидэй баайа кыыһын ойох биэрэригэр сэттэ акка дьиэрэҥи ыныырдан энньэ оҥорбуку. Оннук элбэх дьиэрэҥи биир булчут бултаан биэрбит. Ол сир билигин Дьиэрэҥнээх диэн ааттанар. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2006, с. 198. 3. Игидэй эмээхсин бүтэһигин Игидэйгэ Тиһэл диэн алааска олорбут. Ити Игидэйтэн элбэх Игидэй үөрскээбит. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2006, с. 200. 4. Хайбыдыт Булгунньах. Сиэлээх нэһилиэгэр Хайдыбыт Булгунньах баар. Былыр бу булгунньах тыас-уус буолан хайдан хаалбыт. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2006, с. 200. 5. Төддөкө кыыһа. Кумалаан, икки хараҕа суох. Сэрии буоларын туһунан этэр. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2006, с. 202. 6. Кусчут Булуҥ нэһилиэгитэн үс көстөөх Киэҥ Күөл диэн сиргэ олорбут. Кини биирдэ хара саһылы өлөрбүт. Ону биир баай 10 сокуобайга атыыласпыт. Ити кусчут аатырбыт от охсооччу эбит. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2006, с. 202-204. 7. Дойомпо—Уолба ойууна. Кини сордоҥ оҕоломмут. Ол сордоҥо Тааттатан, Адаҥҥа , Алдантан Лиэнэҕэ, Лиэнэттэн Бүлүүгэ устан тиийэн олохсуйбут. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2004, с. 199. 8. Иккис Игидэй сиригэр Аччы Булгунньах диэн баар. Бу сиргэ: -Үрэх Ньукулай диэн баай олорбут. -Былыр кыргыс сэбин көмпүттэр. -Кэрэх турар. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2004, с. 200-201. 9. Суонда. Уолба сиригэр Суонда үрэҕэ диэн баар. Онно былыр Байаҕантай уонна Таатта сэриитигэр таатталар Суонда диэн аты өлөрбүттэр. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2004, с. 201 10. Даайа Аммата. Былыр Даайа диэн сүрдээх кэрэ дьахтар олорбут. Кини олорбут сирэ Оҥкучах Күөл уонна Аччыгый күөл икки ардыгар томторго эбит. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2004, с. 202. 11. Оҕус Буута. Дьүлэй сиригэр Оҕус Буута диэн сир баар. Былыр ити сиргэ тоҕус ойуун кэлэн табык охсубуттар. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2006, с. 206. 12. Үүт күөл. Таатта нэһилигин сиригэр Сиҥнэҕэс диэн күөлгэ Сорокуом баай олорбут. Кини аҥардас оҕуһа сүүс буолара үһү. Бу Сорокуом ынаҕын ыатан Сигнэҕэс күөлгэ үүт куттарбыт. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичичк, 2004, с. 206-207. 13. Хаччылай Бэргэн. Баайаҕа нэһилиэгин сиригэр Араҥкы эмээхсин кыыһыгар үөһээҥи уол оҕо оҥорбүт. Онтон уол Хаччылай Бэргэн диэн ааттаах эбит. 14. Өксөкүлээх. Саха биир бастакы суруйааччыта, уус-уран айымньыны үөрэтээччи ӨксөкүлээхӨлөксөй 1877 сыллаахха төрүүр. (Кинини “Кут-сүр” түмсүү улуу сэһэн быһыытынан билинэр. Саха норуотун бөлөсүөпүйэтэ киниттэн саҕаланар). 1826 сыллаахха өлөр. Кулаковкай А. Е. Ырыа-хоһоон. Якутск: Бичик, 1978, с. 3. 17. Олоҥхоһут Килээппир. Килээпир Ньукулай Ытык күөл илин куулатыгар Араҥастаах диэн сиргэ олорбут. 40-ча олонхону билэрэ дииллэр. Таатта ытык олоҥхоһута. Андросов Е. Д. Таатта улуу олоҥхоһуттара, ырыаһыттара. Бастакы чааһа. Якутск: Ситим, 1993, с. 17. 18. Таас. Күүстээх Попов Уйбаан көтөхпүт тааһа баар. Билигин күрүөлнэн турар. (Мин көрбүтүм) 19. Туой Иккис Игидэй нэһилиэгин таһыгар Туой Хайа баар. Ити Тыҥарах Хайа турар, онтон салгыы Сыгынньах Хайа кэлэр. Онтон Эбирдээх Хайа кэлэр. Салгыы Маҥан Хайа кэлэр. Кини таһыгар Чочойоон Хайа баар. Туой хайаттан туой хостуур эбиттэр. Андросова-Инонова М. Н. Олохо, ыралар, этнографическай бэлиэтээһиннэр, ыстатыйалар. Якутск: 1998, с. 358. 20. Туоллума урэх төрдүгэр Тииккэ Кэй Кыыллаах Хэрэх баар. Куочайыгар кэй кыыл оҥоһуллубут эбит. Багдарыын Сүлбэ. Үс, сэтттэ, тоҕус. Якутск: Бичик, 1998, с. 10. 21. Алампа. Анампедис Иванович Софронов—Алампа 1886 сыллаахха төрүүр. Кини оонньуулары уонна хоһооннору суруйбут улахан суруйааччы этэ. (Кинини “Кут-сүр” саха бөлөсүөпүйэтин салгыы саҋыннарбыт киһи быһыытынан билинэр). Софронов А. И. Талыллыбыт айымньылар. Маҥнайгы туом. Якутск: 1964, с. 5. 22. Миинэ уола. Кини дьиҥнээх аата Егоров Егор Минович диэн. 1851 сыллаакхха Таатта Дьүлэйигэр төрүүр. Улуу сэһэнньит быһыытынан биллэр. Сэһэн Боло. Сүдү төрүттэрбит олохторуттан. Дьокуускай: Бичик, 2002, с. 66. 23. Күннээйигэ Сэттэ Ойуун Кыырбыт сирэ диэн баар. Багдарыын Сүлбэ. Үс, сэттэ, тоҕус. Якутск: Бичик, 1998,с. 124. 24. Ытык күөл. Тааттаҕы баар күөл аата. Былыргы ытык дабатыы үгэһин кытта сибээстээх аат. 25. Дэбдиргэ. Дэбдиргэ дэриэбинэ сиригэр былыр тоҕус ойуун кыырбыттар. Тумулларгар мастарыгар дэлбиргэ баайбыттар.
Багдарыын Сүлбэ.
Сири-халааны кыйа анааран. Якутск: Бичик, 2008, с. 145. 26. Байаҕантай төрдө Омоҕой уола Кэлтэҕэй Тобук буолар. Кини олус булчут ыттааҕа үһү. Хотой Айыы таҥаралаах. Ксенофонтон Г. В. Эллэйада. Якутск: Бичик, 2004, с. 35. 27. Тохтобул. Тохтобул диэн сиргэ Кээрэкээн ойуун сылгылара кэлэн тохтообуттар. Кини онно олохсуйбут. Кини Дыгынтан күрээн кэлбит дииллэр. Ксенофонтов. Г. В. Эллэйада. Якутск: Бичик, 2004, с. 160. 28. Байаҕатай уонна Таата сэриитин кэмигэр Таатта уола Дэлгэһэ Тааттаны үрдүнэн ойутан күрээн хаалар. Ол уолтан кэлин Дэлгэһэ ууһа үөскээбит. Ксенофонтов. Г. В. Эллэйада. Якутск: Бичик, 2004, с. 159. 29. Ытык Күөлтэн соҕуруу Улахан Алааска Быыпсай уйбаан ураһата улаханына аатырарара. Ааспыт үҋэлэр үһүҋээннэрэ,чахчылара. Якутск: Бичик, 2005, с. 38. 30. Дыгын Эппит” Бөтүҥнэр уонна наахаралар икки ардылаорыгар боотур уустара болугурдар олордуннар” --диэбит. Александров Л.Л. Амма-наахара нэһилиэгин историята. Якутск: Бичик, 2000, с. 14. 31. Улуу Маалыкыс олоҥхоһут Тыараһа Дьэбигинэтигэр Куому диэн сиргэ олорбут. Былыр олорбут киһи. Андросов Е. Д. Таатта олоҥхоһуттара, ырыаһыттара. Иккис чааһа. Якутск: Ситим, 1993, с. 7. 32. Дадыал Бөҕө. Былыр байаҕантай бөҕөһө Дадыал Бөҕө диэн баар үһү. Кини чинчиһиккэ сылдьан бэйэтин көрдөрөр. Онуоха чинчиһит этэр: “Бэрт Хара баһын уҥуоҕа үс илии халыҥ, онтон эйиэнэ икки эрэ илии халаҥ. Онон Бэрт хараны кытта тулуһан кирсиэ суоххун”. Итини истэн Дадыал Бөҕө Бэрт Хараны кытта киирсибэтэх. Сэһэн Боло. Саха төрүттэрэ уонна кыргыс үйэтэ. Якутск: Бичик, 2006, с. 231. 33. Хоххуора Бөҕө Хохуора Бөҕө--Чыамайыкы төрдө. Дыгын уола Мүлдьү Босхоҥ уола эбит. Кини Хатас сыһыытыгар олорбут эбит. Кулун Оонньообут диэн сиргэ олорбут. Кини ох саатын кэлиҥҥэ диэри ыччаттара кэриэстээн илдьэ сылдьыбаттар. Сэһэн Боло. Саха төрүттэрэ уонна кыргыс үйэтэ. Якутск: Бичик, 2006, с. 76. 34. Кыпчытыын ыһыаҕа. Кыпчытыын ойуун сэттэ ойохтоох эбит. Ойохторун мунньан сыл аайы Элэһин Алааһыгар ыһыах ыһара үһү. Сэһэн Боло. Сүдү төрүттэрбит олохторуттан. Якутск: Бичик, 2002, с. 37. 36. Бороҕон Ньукулай. Бороҕон Ньукулай Эриҥэстэй Баай сиэнэ эбит. Кини Маҥарас сиригэр Мэйии Баалыга олорбут. Кини оҕунан үстэ ытан тиит мутугун солуур эбит. Ох саата өргө дылы урууларыгар кэриэс буолан сылдьыбыт. Сэһэн Боло. Сүдү төрүттэрбит олохторуттан. Якутск: Бичик, 2002, с. 69. 37. Сүпсүк нэһилиэгин сиригэр Биттиги диэн сайылыкка кыргыс ампаара турбут. Иһигэр түктүйэлээх үһү. Ону Ньукулай Ардьакыап биир нууччанан уоттатан кэбиһэр. Сэһэн Боло. Сүдү төрүттэрбит олохторуттан. Якутск: Бичик, 2002, с. 71. 38. Николай Тимофеевич Абрамов диэн Дьүлэй киһитэ маһынан Аал Луук Маһы оҥорор. Алексеев Э. А. Саха балаҕана. Якутск: Бичик, 2007. ? 39. Куома Чааскын. Саха улуу отоһута. 1885 сыллаахха төрүүр, 1966 сыллаахха өлөр. Таатта Уолбатыгар төрүүр. Кини дьиҥнээх аата Фома Петрович Часкин диэн этэ. Андросов Е. Д. Таатта отоһуттара. Якутск: Бичик, 1993, с. 108. 41. Ондуруоһап—улуу сэһэнньит. Егор Дмитьевич Анросов Таатта улууһун киһитэ. Кини саха былыргы олоҕун хасыһан үөрэппит. Билиҥҥи кэмҥэ былыргыны билэринэне тэҥэ суох. Кини элбэ кинигэни таһааттарбыта. 42. Мандыс Уола. Кини дьиҥнээх аата Перяков Афанасий Андреевич диэн. 1867-1961 сылларга олорбут. Таатта улууһун киһитэ эбит. Кини бэйэтин этинэн-сиининэн эмтиир дьоҕурдааҕа. Улуу отоһуттарга киирэр. Андросов Е. Д. Таатта отоһуттара. Якутск: Бичик, 1993, с. 42.
Томпо. 1. Ытаабыт. Былыр Саһыл нэһилиэгин сиригэр Ытаабыт диэн күөлҕэ анньыыны түһэрбититэр. Онтон ыла ол күөл иччитэ дьахтар дьон түүлугэр “ыарыыһах оҥордулар” диэн ытыы-ытыы көстөр эбит. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2006, с. 205. 2. Даккы Хайата. Дэлгэй диэн уус Даккы Хайатыттан тааһы ылан уһааран тимир ылара үһү. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2006, с. 206. 3. Хайа кутуругуттан (Амма өрүс) эбэм туойу ылан көһүйэ, күөс, чааскы оҥороро. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичичк, 2006, с. 206. 4. Сэттэ Тэкэ Хаандыга былыргы аата Сэттэ Тэкэ диэн. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2006, с. 206. 5. Эбэ куол былыр Тэкиидэ дэнэр эбит. Ити Тэкиидэҕэ үс дьахтар көһөн кэлэн олохсуйбуттар. Ол дьахталлары иччи буолан хаалбыттар диэн ааттаабыттар. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2006, с. 211. 6. Кириэс Халдьаайы. Былыр Байаҕантай Боотур мэҥэ Буутурун Бэрт Бээччээни кытта бэйэ-бэйэлэрин өйөһүөх буолан тыл-тылларын бэрсибиттэр. Ол сирдэрин Кэриэс Халдьаайы диэбиттэр. Ону кэлин Кириэс Халдьаайы диэн уларытан ааттаабыттар. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: 2006, с. 208-209. 7. Сыромяникова “Кыыс Хотун” диэн сэһэн суруйар. Ити сэһэн олоҕунан Лиэнэ өрүскэ бэлэх бэриллибит кыыс буолар.
Уһуйаана 1. Уйаанды сиригэр Дьахтардаах Эр киһи таастар бааллар. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2006, с. 214. 2. Туматтар. Былыр улахан ыарыы кэлэн туматтар бары өлбүттэр. Арай кыыстаах уол хаалбыттар. Олортон Тумат нэһилиэгэ үөскээбит. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2006, с. 214. 3. Киһилээх. Силээннээххэ баар. Элбэх адаар таастаах сир. Ити сири Киһилээх дииллэр. Багдарыын Сүлбэ. Үс, сэттэ, тоҕус. Якутск: Бичик, 1998, с. 47. 4. Дэлгэр уус. Кини Казачьеҕа олорбут. Кини хоһууннар кэмннэригэр олорбут. Аатырбыт уус эбит. Ксенофонтов Г. В. Урааҥхай сахадлар. Иккис кинигэ. Якутск: 1992, с. 272-274. 5. Мэйиичээн Үрэх баһыгар Иргичээн, ол аата сахалыы Мэйиичээн диэн хайа баар. Хайа төбөтө мэйии курдук быллаардардаах эбит. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: 2006, с. 209. 6. Куһаҕан Таас. Бу хайа эбээннии Кэнньэли Таас диэн ааттанар. Уһуйаанаҕа саамай үрдүк хайа. Киһи кыайан тахсыбат, суулла турар кумахтаах. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: 2006, с. 210. 7. Сүрэх Таас. Икки таас хайа кэккэлэһэ тураллар. Сүрэх курдук быһыылаахтар. Ол иһин Сүрэх Таас дииллэр. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: 2006, с. 210.
Уус-Алдан 1. Улахан сордоҥ. Улахан сордоҥ Лөгөй сиригэр Бээрэ күөл диэн баар. Биир сордоҥ күөлгэ атыыр сылгыны соһо сатаабыт. Оннук иккиэн өлөн хаалбыттар. Онтон ыла Бээри күөл Атыыр Уҥуоҕа дэммит. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2006, с. 214-215. 2. Тиит Буурай. Тиит Буурай—биллиилээх боотур. Найахы сиригэр Хоту Эбэҕэ Тиит Буурай күрүөтэ баар. Кинини Хотокооттор өлөрбүттэр. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2006, с. 216-117. 3. Курдуулаах. Курбуһах сиригэр бүтэйдээх диэн алаас баар. Онно Угаалаах баай Курбаһахтаах атыыры туруорбут. Ону биирдэ отучча киһи ааһан иһэн оҕунан ытыалаан элбэх оҕу хатаабыттар. Ат кэлин кырдрдьан баран өлбүт. Бу ат хос туйахтаах эбит. Кэлин Аччыгый Курдуулаах диэн олорбут. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2006, с. 219-120. 4. Мээнди. Бээрийэ сиригэр Мээнди диэн күөл баар. Былыр итиннэ далла мэндэйэбиттэр. Ол аата оҕунан ытыаласпыттар. Ол сир Мээнди дэммит. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2004, с. 216. 5. Лөкө. Былыр биир оҕо уунан устан кэлбит. Ол оҕону ииппиттэр. Кэлин кини Лөгөй Боотур буолбут. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2004, с. 216. 6. Мүрүнү хордоруу. Былыр Кылыкынай диэн кинээс бу күөлү хас да сыл хордорон түһэрбит. Сотору Кылыкынай өлбүт. Ону күөлү хордорбут сэтигэр өлбүт диэбиттэр. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2004, с. 217. 7. Сиэллээх Аартык. Мүрүттэн тахсарга элбэх сиэл ыйанар сирэ баар. Ону Сиэллээх аартык диибит. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2004, с. 219. 8. Тыал буолбуттар. Бастакы Өлтөххө Дьампы диэн үрэх баар. Итиннэ тыал буолбуттар тобохторо Хойоолор олорбуттар. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2004, с. 220. 9. Баай Байаарын. Бастакы Өспөххө Дьуойа үрэҕэр Кыстык Дьуойа диэн сиргэ Баай Байаарын олорбут. Кини үөһээҥҥи киһи уола эбитэ үһү. Олус байбыт. Сүөһүтун үстэ кыйдаппыт. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2004, с. 224-225. 10. Ойууннаах күөл. Хоту Эбэ тумулларыгар тоҕус ойуун харалла сытар. Иван Ушницкай. Ойууттар, удаҕаттар. Якутск: Бичик, 2007, с. 13. 11. Угаалаах ойуун уҥуоҕа Ойууну утарыы саҕан хомсомуоллар Угаалаах уҥунуоҕун алдьыта сатыыллар. Ону улахан холорук кэлэн икки хомсомуолу төкүнүппүт. Онтон куттанан төҥҥөҥ хаалбыттар. 1970-с сылларга Ленинградтан учуонайдар кэлэн Угаалаах уҥүоҕун үөрэтэллэр. Ити сылдьан биир киһилэрэ улаханнык ыалдьан хаалбыта. Иван Ушницкай. Ойууттар, удаҕаттар. Якутск: Бичик, 2007, с. 65-66. 12. Сангаар удаҕан. Өлтөх ойууна Өлкөн Быраайы ойууннар сиэри гыммыттарын Сангаар удаҕаҥҥа баран быыһаммыт. Ол манньатынн 21 киһини уонна 21 сүөһүнү бэлэх ылбыт. Кини бэлэх ылбыт сирэ Харбадьаайы уонна Батыгыччыма күөллэр икки арда. Ксенофонтов Г. В. Шаманизм. Якутск: 1992, с. 234-236. 13. Хоро олоҕо. Мүрү Күөл таһыгар Бүөр Көлүйэҕэ хоро Тарбыах Баай олорбута. Кинилэр Дыгын сэрииитэ кыргар. Бэрт Хара кинилэри үүрэр. Ксенофонтов Г. В. Эллэйада. Якутск: Бичик, 2004, с. 138. 14. Сэһэн Ардьакыап. Ардьакыап 150-ча сыллааҕыта олорбута. 7 улуус түмсэн кинини бэрэстэбиитэлинэн талбыта, Арассыыйаҕа баран Екатерина Иккис ыраахтааҕыны кытта көрсүбүтэ. Кини өҋунэн аатырара. Сэһэн Ардьакыап диэн ааттыыллара. Суоттуга олорбута. Ксенофонтов Г. В. Эллэйада. Якутск: Бичик, 316. 15. Дьалыҥ ылыыта. Өлтөх киһитэ Говоров Михаил “Дьалыҥ ылыыта” диэн туому суруттарабыт. Багдарыын Сүлбэ. Ыал-ийэтинэн. Якутск: Бичик, 1994, с. 15. 16. Мас Мэхээлэ. Михаил Семенович Карамзин—Мас Мэхээлэ Уус-Алдан улууһугар Бастакы Лөгөй нэһилиэгэр 1850 төрүүр. Уордаах Кылыкынай тойон кинини илдьэ сылдьан араас күрэхтэһиилэргэ киллэрэр эбит. Кини аатырбыт сыырк бөгөһүн хотор. Ол күрэхтэһиини күбэринээтэр бэйэтинэн тэрийбитэ үһү. 1903 сыллаахха өлөр. Сивцев И. К. Былыргы күүстээхтэр. Якутск: 1990, с. 98-100. 19. Саамай улахан олоҥхо. Роман Петрович Алексеев Бастакы Лөгөйгө төрөөбүт. Кини саамай аатырбыт олоҥхото “Алаатыыр Ала Туйгун “диэн. Сиэннэрэ суруйбуттар. 49203 ыстаракаалаах. Илларионов В. В. Олоҥхо алыптаах эйгэтэ. Якутск: Бичик, 2006, с. 90-108.. 20. Бороҕоҥҥо Былыр уруу аһын сиэн Намтан сылдьар 27 киһи өлөн хаалбыт. Ааспыт үйэлэр үһүйээннэрэ,чахчылара. Якутск: Бичик, 2005, с. 65. 21. Күүстээх Уйбаан. Александров Иван Яковлевич—Күүстээх Уйбаан Дүпсүн улууһугар төрүүр. Кини Бүлүҥҥа балыкка сылдьыбыт. Кинини аҥаар күүстээх диир эбиттэр. Ол аата 50-ча бууту көтөҕөр. Кини 1931 сыллаахха 52 сааһыгар өлөр. Сивцев И. К. Былыргы күүстээхтэр. Якутск: 1990, с. 85-87. 22. Танда Балаҕана. Былыр Танда үрэх билиригэр олус улахан балаҕан турбута. Ону кулуба Иван Готовцев туттарбыта. Алесакндров Л. Л. Амма-Наахара нэһилиэгин историята. Якутск: Бичик, 2000, с. 28. 23. Мүрү. Мүрү былыр элбэх күөлээх ойуур эбит. Киистээх диэн ааттааҕа үһү. Онтон уот турбутун кэннэ улахан күөл буолбут. Ити кэмтэн Мүрү диэн ааттаммыт. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2006, с. 217. 80-ча томтордоох Мүрү диэн аатанар. Уус-Алдан. Якутск: Медиа-холдинг Якутия, 2006, 39. 24. Чэриктэй Биэрэтэ. Рожина Вера Михайловна—Чэриктэй Биэрэтэ 10-с үйэҕэ олорбута. Кини аатырбыт эмчит этэ. Иван Ушницкай. Ойууттар, удаҕаттар. Якутск: Бичик, 151. 25. Ампаардаах ыһыаҕа. 1926 сыллаахха Уус-Алдан улууһугар Ампаардаах диэн сиргэ ыһыах ыытыллар. Онно халааҥҥа ойуун көтөн ааһарын көрөллөр. Элбэх киһи уҥан охтор. Ыһыах ортотугар бары куотан хаалаллар. Иван Ушницкай. Ойууттар, удаҕаттар. Якутск: Бичик, 2007, с. 12. 26. 1945 сыллаахха Уус-Алдан улууһугар Тэкэрээттэ диэн сиргэ ыһыах буолар Ити кэмҥэ алгыс эппит Баһылайкаан икки оҕото, инитэ, балта өлөллөр.Ити ыһыахтан дьон улаханныккуттанар. Иван Ушницкай. Ойууттар, удаҕаттар. Якутск: Бичик, 2007, с. 148. 27. Мундулуку удаҕан. 1928 сыллаахха Уһун Сыһыыга сытар Мундулуку удаҕан араҥаһын уматаары гыналлар. Ону олохтоох кырдьаҕастар сүбэлэринэн өлүгү атын сиргэ илдьэн көмөн кэбиспиттэр. Иван Ушницкай. Ойууттар, удаҕаттар. Якутск: Бичик, 2007, с. 44-45. 28. Уус-Алдан улууһугар Алдан хайаларын анныгар Аата ааттаммат эдиийдэр олорбуттар. Олортон биирдэрэ Улахан Эдьиий кырдьыар диэри олорбут. Онтон уолаттара былыргы үгэһинэн тыынаахтыы көмөллөр. Онно айаҕар хайах сипиттэр. Иван Ушницкай. Ойууттар, удаҕаттар. Якутск: Бичик, 2007, с. 21-27.
Уус-Майа 1. Сүөһү тарҕаныыта. Эдьээн сиригэр Быстах Үрэх диэн баар. Онно саха кыыһа кэргэн буолан кэлэригэр энньэтин элбэх сүөһүнү аҕалбыт. Онтон ыла манна сүөһү тарҕаммыт. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2006, с. 222-223. 2. Хочо иччитэ. Эдьээн сиригэр Күндэ Хочото баар. Онно Иччиэлэ диэн күөл баар. Итиннэ хочо иччитэ олорор буолуохтаах. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2006, с. 223. 3. Кучунаа. Дьуудамҥа Абааһы Тириитин Тиирбит диэн сир баар. Онно Уокарак диэн киһи мүлэни (кучунааны) өлөрбут. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2006, с. 223. 4. Күптэр тарҕаныылара. Маайа өрүс Эдьээн өттүгэр Суруктаах диэн кытыл баар. Былыр онно бэлиэ туруорбуттар. Ол бэлиэни сыыһа ааҕан сорох дьон Алданынан Эдьигээҥҥэ түспүттэр. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2006, с. 224. 5. Сэттэ Дабаан. Сэттэ Дабаан балтараа көс уһуннаах эбит. Дабааҥҥа урарыта көрсүстэхтэринэ ааһыспаттар. Ол иһин уочаратынан тахсаллар. Ону аллараа симиэбийэ үлэһитэ көрөр. Багдарыын Сүлбэ. Үс, сэттэ, тоҕус. Якутск: Бичик, 1998,с. 123. 6. Тиигири өлөрүү. 1905 сыллаахха Күп таһыгар булчуттар тиигири өлөрөллөр. Ол хабыр хапсыыга биир киһилэрэ өлбүт. Эҥин дьикти чахчылар. Якутск: 1984, с. 301-302. Тиигири өлөрбүт түбэлтэлэрэ: -Таатта. Амма Хадьыматыгар 1800 сыллхха тиигири өлөрөллөр. -Хаҥалас. 1833 сыллаахха тиигири өлөрөллөр. -Амма Солобуодатыгар 1846 сыллаахха тиигири өлөрөллөр. -Дьокуускай таһа. 1856 сыллааххха тиигири өлөрөллөр. -Бүлүү Дьөккөнө. Тиигир өлүгүн булаллар. Борис Павлов, Иннокентий Леонтьев. Аарыма булчуттар аартыктарынан. Якутск: Бичик, 2009, с. 9. 6. Дьугдьуур. Сахалар Дьугдуур хайатын Улухан Дабаан, Сир Кура, Сир Сиһин Тоноҕоһо дииллэр. А. Я. Уваровскай суруйар: “ Дьугдьуур үрдүгэр бэрт сөрүүн баара. Аттарбытын сынньа манна икки күөс кэриҥэ туран биһиги ситэ тоҥмуппут. Бу сиртэн бары киһи хараҕа ылар бэрт үрдүктэринэн көстүбүт хайалар барбах намыһах сыырдарынан көстөллөр.”
Багдарыын Сүлбэ.
Оройтон саҕалаан. Якутск: Бичик, 2008, с. 46-47. 7. Өтө көрөр дьахтар. Уус-Майа дьахтара В. Абарамова диэн “Сотору сэрии буолар” диэн кэпсээбит. Ааспыт үйэлэр үһүйээннэрэ,чахчылара. Якутск: Бичик, 2005, с. 164.
<предыдущая страница | следующая страница>