Flatik.ru

Перейти на главную страницу

Поиск по ключевым словам:

страница 1 ... страница 2страница 3страница 4страница 5страница 6
Уһуйаана 1. Ыттар. Расторгуев хаһаах Уһуйаанаттан 20 ыты ылан Мурманскайга тиэрдэр. Ити көлө ыттара этилэр. Э. В. Толь көрдөһүүтүнэн тиэрдиллибиттэрэ. Хоту дойдуга айанныырга туһаныллыбаттара. Толь Э. В. Плавание на яхте “Заря”. М.: 1959, с. 13. 2. Хоролор былыр Хаҕас Баатыр диэн тойонноох эбиттэр. Уоспа кэлэн, дьон өлөн бараллар. Онно Хаҕыс Баатыр ыарыы иччитин кытта охсуһаары гыммыт. Ити сылдьан өлөн хаалбыт. Уоспаттан орпут дьонтон Моконоокко дьоно үөскээбиттэр. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2004, с. 213-214. 3. Хоролор сүтүүлэрэ Былыр Моконоокко үрэххэ олохсуйбуттар. Онтон Сибэтиэй Тааһы ааһан Байҕалга киирбиттэр. Итиннэ сүтэн хаалбыттар. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2004, с. 211-212. 4. Өтүөс Күөлэ былыр элбэх хаастаах эбит. Хааһы мууҥхалаан ылар эбиттэр. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2004, с. 212. 5. Чукча Булгунньаҕа. Былыр биир чукча улаханнык ыалдьан сытарын олохтоох киһи булан ыарыылаан үтүөрпүт. Онтон хас да сыл буолан баран чукчалар кэлэ сылдьыбыттар. Ол иһин ити булгунньаҕы Чукча булгунньаҕа диэн ааттаабыттар. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2004, с. 214-215. Үөһээ Бүлүү. 1. Түлэккэй Боотур. Түүлээх Сүрэхтээх Түлэккэй Боотур Бүлүү сахаларын биир төрдө, кини түүлээхтэр төрүттэрэ эбит. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2006, с. 226. 2. Ойуун айата. Маҥаас сиригэр Ойуун Күөлэ диэн сир баар. Былыр онно биир ойуун айа иипитигэр атын ойуун түбэһэн өлбүт. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2006, с. 227. 2. Ороһу төрдө. Ороһу күөл уҥүор билиигэ Ороһу Ойуун олорбут. Кини хас да дьонноох эбит. Итилэртэн ороһулар үөскээбиттэр. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2006, с. 230-231. 3. Кийиит өлүүтэ. Оноҕоччукка былыр кыыс сүктэрэн кэлбит. Ураһаҕа киллэрбиттэр. Сайын итии буоллаҕа дии. Кийиит олорон эрэн таҥаһа итииттэн өлөн хаалбыт. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2006, с. 240-141. 4. Киһини кэрэх туттуу. Былыр Экчэкиин диэн уолу кэрэх туттубуттар. Ону кини күрээн Сис Мэйиктэригэр олорбут. Билигин Экчэкиин диэн аҕа ууһа баар. Кини Кулуннаах диэн сиргэ олорбут. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2004, с. 228-229. 5. Сордоҥ Хара. Маҥаас сиригэр Айталыын диэн киһи олорбут. Кини Сордон Хара диэн аттаах эбит. Ити атынан эһэттэн куоппут. Кэлин атын Дьокуускай киһитэ атыылаһан ылбыт. Ат турбут сирэ Хагдаҥ Маара диэн ааттанар. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2004, с. 205. 6. Мыыныы. Мэйик сиригэр Олооһук кинээс олорбут. Кини кыыһы ыҥыырын биир харахатыгар көмүс тиийбэтэҕиттэн ыйанан өлбүт. Ол кыыс көмүллүбүт сирэ Кыыс Алааһа дэнэр. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2004, с. 223-224. 7. Туруйа. Биирдэ Туобуйа сиригэр Сунтаар диэн киһи Үрэн ыалларыгар баран иһэн Марха аралыгар Туруйалары ытаары үөмэн киирбит. Онуоха туруйалар киниэхэ утары кэлэн кэпсэппиттэр. Кэлин ол сири күрүөлээн кэбиспиттэр. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2004, с. 238. 8. Мөрөөйү. Мөрөөйү улахан соболоох сир. Күн тахсар улахан күөлэ. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2004, с. 238. 9. Туобуйа биир төрдө Өгдөй диэн киһи. Кини сэттэ дьиэ тоҥуһу аҕалбыт. Тэбэр кинээс уола эбит. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2004, с. 2421. 10. Оноҕосчут. Бастакы Боотулу сиригэр Хахсык диэн киһи көһөн кэлбит. Кини икки бырааттаах эбит: Боотулу уонна Оноҕосчут. Оноҕосчут дэриэбинэттэн 5 килэмирдээх Оногосчут диэн күөлгэ олорбут. Олус үҥсүүк эбит. Элбэх сири бэйэтигэр холбообут. Оноҕосчуту көмөллөрүгэр ыҥыырдьыт уол куотан хаалбыт. Ол оннугар биир оҕонньору укпуттар. Кини уҥуоҕа Аҥала Күөл хоту өттүгэр баар. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2004, с. 244. 11. Хоро. Үөһэ Бүлүү хорото урут түөрт хорону бас билэр эбит: -Чиллэ хорото. -Кэнтик хорото. -Сунтаар хорото. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2004, с. 245-247. 12. Лүҥкүрүн кистэлэҥэ. Тоҥүстар көһөн кэлэн тоҕус ураһаны туруоран олорбуттар. Биир ураһаҕа силис баар эбит. Ону кэрпиттэрэ хааныран кэлбит. Уу оҕуһун муоһа эбит. Оҕус силэйбитигэр күөл үөскээбит. Тоҥустар бары ууга түһэн өлбүттэр. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2004, с. 247 13. Тиэргэн Чоргул. Тиэргэн Чоргул өрүс устун устан кэлбит. Хараҥаччы Арыытыгар олорбут. Кини ылбыт сирэ Сыалыйа Нама диэн ааттанар. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2004, с. 248. 14. Мэник Мэнигийээн. Мэник Мэнигийээн Үөдэй сирин төрүттээбит. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2004, с. 248. 15. Өргүөт төрдө. Өгүөт төрдө Күрэнчэ Боотур дэнэр. Кини Дириҥ Уулаахха олорбут. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2004, с. 254. 16. Саһыл ойуун. Дьүлэй төрдүнэн Саһыл ойуун буолар. Кини Таркай Быһыта диэн сиргэ олорбут. Ата итиннэ кэлбит. Кини атын батыһан кэлбит. Онтон убайа Дьүлэй көһөн кэлбит. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2004, с. 254. 17. Кэнтик уустара. Былыр Кэнтик нэһилигэр биир кэмҥэ 44 уус уһанар эбит. Афанасий Мачахов. Чап уустара. Якутск: Кудук, 1997, с. 44. 18. Эһэ Харах. Эһэ Харах Испирдиэн боотулу киһитэ. Бодойбо аатырбыт ороспуойа. Кини сылдьан ааспыт сирэ Лиэнискэй улууска Бэһиэлэй Таабыр диэн ааттанар эбит. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2006, с. 81-82. 19. Көстүбэт киһи. Ньыыкан Арамаанап (көстүбэт киһи) Ыарыкчааҥҥа Дьарааһын диэн киһиэхэ дьуккаах олорбут. Кини 1913 сыллаахха кэлбит уонна үс сыл кэриҥэ олорбут. Филиппов Э. А. Былыргы дьыл быыһын сэгэтэн. Якутск: Бичик, 2006, с. 43, 52. 20. Ньыыкан. Ньыыкан Көтөрдөөхө төрөөбүт. Маҥнай ойуун, онтон аатырбыт эмчит буолар. 104 сааһыгар диэри олорор. Ньыыкан. Якутск: Бичик, 2001, с. 12-13. 21. Ынта Никкиитэ. Үөһээ Бүлүү биир биллэр олоҥхоһута Ынта Никиитэ буолар. Дүллүкү нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Бэчээттэммит олоҥхото “Көр Буурай” буолар. Бодойбоҕо, Өлүөхүмэҕэ үлэлии сылдьыбыт. Илларионов В. В. Олоҥхо алыптаах эйгэтэ. Якутск: Бичик, 2006, с. 82-90. 22. Үрэн. -Үрэн диэн киһи дьонун илдьэ Бүлүүгэ кэлбит. Уоттуга уонна Сыралтаҕа олохсуйбуттар. -Сорохторо Боотулуга олохсуйбут. -Сорохторо Үөһээ Бүлүү таһыгар олохсубут. Онтон Түүкээн биэрэгиттэн чугас тохтоон олорбуттар. -Сорохтор салгыы баран Өҥөлдьө уона Чуукаар сирдэригэр баран олохсуйбуттар. Филиппов Е. А. Өлөөн фольклора. Якутск: Бичик, САПИ—Торг—книга, 1997, с. 218- 220. 23. Сыппаха эмээхсин. Сыппааха эмээхсин Үөһээ Бүлүү Өргүөтүгэр олорбут. Кини Өрөбөлүүсүйэ иннинэ олорбут. Инникини өтө көрөн кэпсиир эбит. Мин билбитим. 24. Тыалааһын. Тыалааһын—хас да сыл ыраах бултуу барыы. Тыалааһын Үөһээ Бүлүүгэ ордук сайдыбыта. Бултуу бардахтарына Булчут тылынан кэпсэтэр эбиттэр. Мин билбитим. 25. Буучугурас. Василий Иннокеньевич Васильев—Буучугурас 1902 сыллаахха Сис Мэйигэр төрүүр. 1937 сыллаахха өрөпүүбүлкэҕэ хапсаҕай тустууга бастакы чөмпүйүөн буолар. 1941 сыллаахха сэриигэ барар. Баас ылан өлөр. Степан Дадаскинов. Владимир Федоров. Буучугурас бөҕөс. Якутск: Триада, 2003, с. 26. 29. 30. 26. Кубатча эмчит. 1920-с сылларга Үөһээ Бүлүүгэ отоһут Кубатча аатырар. Макаров Д. С. Народная мудрость: знания и представления. Якутск: 1983, с. 55. 27. 20-с сылларга Сургуулукка үс ойуун баара биллэр: Даниил Дмирьев, Даниил Касьянов, Петр Хобочоон. Олору кыырыыларын А. А. Попов суруйар. Саха дэрибинэлэгэр ортотунан ойуун баара. Оччоҕо Саха сиригэр 1000-тан тахса ойуун баар буолар. Оччолорго биир тарҕаммыт идэ буолар. 28. Матымаатыктар. Михаил Андреевич Алексеев физика учууталынан үлэлиир. Кини физико матметическай хайысханан ыччаттары иитэр. Онно олоҕуран Сойуус үрдүнэн аатырбыт матымаатыка оскуолата үөскүүр. Үөһээ Халыма. 1. Өлүөрэ. Биир аатырыбыт күөл Өлүөрэ диэн. Үөһээ Халымаҕа баар. 2. Күньээс. Арыылаах нэһилиэгин сиригэр Күнньээс диэн киһи тоҕус ойохтоох эбит. Дьокуускай диэки баран аҕалтыыр эбит. Киниттэн Күньээс аҕатын ууһа үөскүүр. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2004, с. 256. 3. Үһээҥҥи уола отообут сирэ. Оргуллаах диэн күөл баар. Манна баай киһи олорбут. Кини биирдэ ойууну кыырдаран үөһээ абааһы уолун, кыыһын түһэрэн оттоппут. Ол кыһын эстибит. Оттоппут ото таас хайа буолбут. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2004, с. 256-257. 4. Үөһээ Халыма сахаларын төрдө. Элкээйи онна Түмээни Ясачнай өрүскэ Бууна диэн күөлгэ тохтууллар. Кинилэртэн Үөһээ Халыма сахалара үөскүүллэр. Березкин И. Г. Сайсары күөл уонна сайсары булгунньаҕа. Якутск: Бичик, 1995, с. 57. 5. Плотвище. Анюй өрүскэ Плотвище диэн диэн сиринэн өрүһу дьиикэй таба туоруур. Арыт 300 буолаллар. Онно булчуттар табалары тоһуйан кэйэн бултууллар. Врангель Ф. П. Путеществие по северным берегам Сибири и и по Ледовитмму морю. М.: Издательство Главсевморпути, 1948, с. 220-221. Дьааҥы 1. Элгэс Ороону. Элгэс Ороону бастакы кэлээччилэртэн биирдэрэ буолар. Киниттэн Элгэстэр үөскүүллэр. Ксенофонтов Г. В. Урааҥхай сахалар. Иккис кинигэ. Якутск: 1992, с. 23-24. 2. Хоруохаптар абааһылара. Арыылаах нэһилиэгэр Хоруохаптар диэн ыал олорбуттар. Кинилэри абааһы буулаабыт. Кыыстара диэн ойуун кыыран абааһыны чөҥөчөккө баайбыт. Дьааҥы үһүйээннэрэ. Якутск: Бичик, 2007, с. 7-10. 3. Күүстээх Аапый. Кини дьиҥнээх аата Василий Харлампьевич Василиьев диэн эбит. 1948 сыллаахха 84 сааҕыгар өлөр. Суодаах нэһилиэгэр Өйүӈу таһыгар олорбут. Кини аатырбыт күүстээх киһи этэ. Дьааҥы үһүйээнэрэ. Якутск: Бичик, 2007, с. 14. 4. Суодьаах. Дьааҥыга биир бастакынан Суодьаах кэлбит. Кини маҥнай уот ыыппыт. Онтон үс сыл буолан баран олохсуйбут. Сатаҕай диэн сиргэ олорбут. Ксенофонтон Г. В. Эллэйада. Якутск: Бичик, 2004, с. 168-171. 5. Буос Ыт Аартыга. Чокуйа уонна Мангыс дьоннорун илдьэ Буос Ыт Аартыгынан тахсан Омолой өрүскэ тиийбиттэр. Кинилэр бороҕон аҕа ууһун үөскэппиттэр. Ксенофонтон Г. В. Эллэйада. Якутск: Бичик, 2004, с. 172-173. 6. Ылдьаана. Ылдьаана эмээхсин Сохсолооххо олорбут. Өрөбөлүүсүйэ иннинэ. Кини инники олоҕу өтө көрөн этэр идэлээх эбит. Кини Хадаар хонуутугар Кылыс Күрүө диэн сиргэ көмүллүбүт. Дьааҥы үһүйээннэрэ. Якутск: Бичик, 2007, с. 31-33. 7. Бахаа баай. Алыһардаах нэһилиэгэр Кэлэтэҕэй диэн сиргэ Үтүө санаалаах Бахаа баай олорбут. Ынаҕынан, сылгынан, табанан байбыт. Кини уонна эмээхсинэ олус суон эбиттэр. Бүүтэхтэтэллэрэ үһү. Ол аата көтөр куорсунан истэригэр анньынан сыаларын таһаараллара үһү. Дьааҥы үһүйээннэрэ. Якутск: Бичик, 2007, с. 34-36. 8. Кыыстара ойуун. Алыһардаах сиригэр Сырдатыы диэн түбэҕэ Потапов Христофор—Кыыстара ойуун олобут. Кини айыы ойууна эбит. 19-20 үйэлэргэ олорбут. Дьааҥы үһүйээннэрэ. Якутск: Бичик, 2007, с. 37-39. 9. Баатаҕай нэһилиэгэр Өйүмүгэ Мордьой Дьаакып диэн киһи олорбут. Кини сылгыһыт эбит. Хайдах да аты айаабакка миинэрэ үһү. Мантан чугас олорор Мөрүөн баай Хараҥаччы Хара диэн сүүрүк аттаах эбит. Аты Дьокуускай баайа илдьэ барбыт. Ону Мордьой Дьаакып төттөрү аҕалбыт. Дьааҥы үһүйээннэрэ. Якутск: Бичик, 2007, с. 40-42. 10. Ыыннаах хайата. Элгэс нэһилиэгэр биир үрдук хайа Ыыннаах диэн аатанар. Биир баай кыыһа Ыыннаах иччитэ буолбут. Дьааҥы үһүйээннэрэ. Якутск: Бичик, 2007, с. 51--54. 11. Күөрэчэй. Эҥэ нэһилиэгин киһитэ. Кини нууччалар кэлбитэригэр нууччалыы биэлэр буолан хаалар. Ону кинээс оҥорбттар. Кини Түөкэй диэн сиргэ олорбут. Дьааҥы үһүйээннэрэ. Якутск: Бичик, 2007, с. 63-64. 12. Хаҥкылдьыйар Куо. Сыстыганнаах ыарыы тарҕанан дьоно бары өлбүттэр. Кини сылгыны уорарар идэлээх эбит. Сылдьыбыт сирэ билигин да Хаҥкылдьыйар диэн. Олус күүстээх, улахан дьахтар эбит. Кэлин киһилии олорбут. Дьааҥы үһүйээннэрэ. Якутск: Бичик, 2007, с. 78-79. 13. Чачыам. Эҥэҕэ былыр Чаччыам диэн олус түүллээх-биттээх киһи олорбут. Дьааҥы үһүйээннэрэ. Якутск: Бичик, 2007, с. 82-83. 14. Байдылар уонна дьуһааллар Өлөрсүбүт диэн сиргэ кыргыспыттар. Байдыл Дьуһаалары олох эһэ сыыпыттар. Ону нууччалар кэлэн быыһаабыттар. Ксенофонтон Г. В. Эллэйада. Якутск: Бичик, 2004, с. 173. 16. Курбайаан харгыта. Дьааҥы Дулгалааҕар Курбайаан Харгыта диэн баар. Былыргыттан ас бэрсэн эрэ баран туоруугун. Багдарыын Сүлбэ. Үс, сэттэ, тоҕус. Якутск: Бичик, 1998,с. 124. 17. Тукулаан Бараайы Бараайы диэн сирдэр Мэнэҕэ, Чурапчыга, Тааттаҕа бааллар. Ол аата бараайылар ити сирдэр устун сылдьан баран Тукулаан Бараайыга тиийбиттэр.

Багдарыын Сүлбэ.

Оройтон саҕалаан. Якутск: Бичик, 2008, с. 139. 18. Чолбону кэрдии. Былыр Чуочархаан ойуун олорбут. Кини Чолбону кэрдибит.

Багдарыын Сүлбэ.



Сири-халааны кыйа анааран. Якутск: Бичик, 2008, с. 72. 20. Киһилээх. Дьааҥыга киһи курдук хороһон турар таастар бааллар. Балар бэрт уһуннак субуллаллар. Ол иһин маннык аатардаахтар: -Туруору Киһилээх. -Элгэс Киһилээҕэ. -Улахан Киһилээх. -Туостаах Киһилээҕэ. -Уо. д. а. Билигин бу сир туруустар баасалара буолан турар. 21. Эҥэҕэ Куһаҕан өтөхтөр диэн бааллар. Былыр уоспа ыарыы кэлбитигэр ыалдьыбыт дьгон балаҕаннарын кэрдэн ыалдьыбыттар үөһэ сулларан кэбиһэр эбиттэр. Дьааҥы үһүйээннэрэ. Якутск: Бичик, 2007, с. 78. Хаҥалас 1. Кыһыл Толоон. Нөмүгү сиригэр Кыһыл Толооон диэн олус кэрэ сир баар. Урут Таҥара Ыйаабыт диэн эбит. Бу сиргэ былыр Дыгыннар олорбуттар. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2006, с. 269. 2. Эбэ Мыраан Нөмүгү сиригэр Эбэ Мыраан баар. Илин диэки хайыһан турар. Иччитэ илэ хаама сылдьар буолар эбит. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2006, с. 270. 3. Кууллатыы. Кууллаты айаҕар И. Г. Шадрин уҥуоҕун тааһа турбута. Кини онно бэйэтин төрүччүтун суруйбута. Онно төрүччүтүн Дыгынтан таһаарар. Кини бэйэтэ 1884 сыллаахха өлбут. Ксефонтон Г. В. Эллэйада. Якутск: Бичик. 2004, с. 44. Билигин бу сиргэ 2000 сыллаахха Нөмүгү олохтоохторо уонна “Кут-сур” түмсүү сэргэ туруорубуттара (Мин көрбүтүм). 4. Лабыадьа. Остоолбо Хайаны анныынан Лабыадьа үрэх ааһар. Былыр бу сир ойуун тойугар киирэр этэ. Мин билбитим. 4. Харыйалаах. Харыйалаах Лиэнэ арыытыгар турар. Лиэнэ биэрэгэр таастар дьэндэһэн көстөллөр. Ханна да суох дьикти, сөҕүмэр көстүүлээх. Кумах кытыллардаах. Былыр ити кытылга Күлүмнүур сытан сынньаммыт. Киҥи чиэһигэр оскуола таһыгар таас туруобуттарыгар сылдьыбытым. Мин көрбүтүм. 5. Күүстээх Баһыы Хаҥалас Бөртөтүн күүстээҕэ. Кини элбэхтик тустубута. Кимиэхэ да хотторботоҕо.Ааллаах Үүнҥҥэ тиийэ таһаҕас таһыытыгар сылдьара. Данилов И. М. Хоһойдор. Якутск: 2008, с. 22. 6. Туруук Таас. Туруук Хайа Иккис Дьөккөн таһыгар баар. Биир өттө бэс ойуур. Онтон быстар таас эмпэрэ кэлэр. Ыраах аллара үрэх устар (Мин көрбүтүм). 7. Быртах Тиит. Бэрт Хара Тыаһааныны сырсан Быртах Тиит диэҥҥэ ситэн ойох ылыбыт. Ксефонтон Г. В. Эллэйада. Якутск: Бичик. 2004, с. 101. 8. Маһары. Ыраахтааҕы биир бастакы сылдьыбыт дьонтон биирэ Маһары буолар. Кини үҥуоҕа Уулаах Айаҕар сытар. Кини Дыгынтан төрүттээх эбит. Ксефонтон Г. В. Эллэйада. Якутск: Бичик. 2004, с. 107 Маһары оҕо кутун таттаран ойууну кыырдарбыт. Онно Дьөһөгөйтөн уонна Сүгэ Тойонтон оҕо куттарын ылбыт. Ксефонтон Г. В. Эллэйада. Якутск: Бичик. 2004, с. 107-108. 9. Дьэнник бастаанньата. 1682 сыллаахха Дьэнник бастаанньата буолар. Ону хотон баран Хоруол Тумаһаҕа диэн сиргэ кириэс туруорбуттар. Онно Покровскай тутуллубут. С Покровским связаны судьбою. Якутск: Көмүөл, 2007, с. 19. 10. Эргис араҥаһа. Эргис ойуун айыы ойууна эбит. Кини кыһын Ойго олорбут. Хатыҥ Үрэххэ баар Хара Атыыр диэн сиргэ араҥастаппыт. Ону иккитэ көтөхпүттэр. Онтон 1930 сыллаахха хосомуоллар араҥаһын уматан кэбиһэллэр. С покровским связаны судьбою. Якутск: Көӈүол, 2007, с. 22-24. 11. Ойуутар. Үһүс Малдьаҕарга былыр Тимир Чарапчылаах диэн ойуун олорбут. Кини көрдөҕүнэ, ким да көрөрүн уйбат үһү. Ол иһини тимир чарапыны кэтэр эбит. Кини араҥаһа Хаастаах диэн үрэххэ турбут. Араҥаһын үстэ көтөхпүттэр. Ксеофонтов Г. В. Шаманизм. Якутск: 1992, с. 49, 148-149. 12. Буотама. Бу биир кэрэ-бэлиэ сир. Ходуһаларыгар араас от үүнэр. Онтон Буотама үрэх түһүм-түһүм хайалар устун устар. Манна Лиэнэ үрдүгэр сынньанар сир баар. Мин көрбүтүм. Былы Буотамаҕа Сыҥааҕа суох диэн ойуун олорбут. Бини Буотама төрдүгэр өлбүт. Ксеофонтов Г. В. Шаманизм. Якутск: 1992, с. 58-60. 13. Дьөһүөл. Дьөһүөл айыы ойуунугар уһуллубут. Былыргыны билээччи. Кинээстээн сылдьыбыт. Данилов И. М. Хооһойдор. Якутск: 2008, с. 23. Үһүс Малдьаҕар нэһилиэгин киһитэ былырыгын билээччи Дьөһүөл оҕоннор. Ксенофонтов Г. В. Шаманизм. Якутск: 1992, с. 95. 14. Маҥан Ураһа. Хайа силлэнигэр Сытыгын Үрэххэ турар. Кыра күөллээх. Онно туртастар киирэн уулуулллар. Олус улахан тииттэр үүнэллэр. Түөрт киһи кууспут илиитэ арыычча тиийэр. Онтон чугас соҕус киэҥ хонуу баар. Маҥан Ураһа диэн ааттаах эбит. Мин көрбүтүм. 15. Сиэлээх мас. Нөмүгүгэ сиэллээх тиит турар. Онно салама ыйыыллар. Мин көрбүтүм. 17. Сиинэ. Сиинэ эмиэ үрдүк остоолболордоох. Кембрийскэй таас кумахтан турар. Бу сир туруус баасатын быһыытынан биллэр. Павлов А. С. Лена от истока до устья. Якутск: Бичик, 1994, с. 79. 18. Дьаархан Аартыга. Сиинэттэн кэлэн истэххэ биэрэк таастарыгар соһо кыраасканан тайах ойуулаабыттар. Былыр бу биэрэги Дьаархан аартыга диир эбиттэр. Дьаархан улахан тойон быһыылаах. Мин көрбүтүм. 19. Молдьо. Былыр соҕуруу тоҥус сириттэн Молдьой диэн киһи кэлбит. Кини Малдьаҕардар төрүттэринэн буолбут. Аркыып матырыйаала. 20. Сабыйа. Сабыйа аҥаар атаҕа кылгас эбит. Бүлүүгэ сылдьан аҥаар атаҕын сүтэрбит. Батыйанан киирсиигэ кимҥэ да хотторботох. Тойон Арыы таһыгар Көрдүгэн диэн сиргэ олорбут. Сабыйа Куталаах диэн сиргэ көмүллүбүт. Ксенефонтов Г. В. Эллэйада. Якутск: Бичик, 2004, с. 126-129. 21. Күрүлүүр. Бу ойуур ортотугар сытар үрэх. Таас олохтоох, дьайыҥнардаах. Уу ол устун тыһаан-ууһаан түһэр. Мин көрбүтүм. 22. Булуус. Кыһыл Үрүйэ дэриэбинэттэн чугас Булуус диэн тарын баар. Бу таһыгар Барашков баай олорбута. Эҥин дьикти чахчылар. Якутск: 1984, с. 270. 23. Дыгын кырдьан баран Ынах Арыыта диэн сиргэ олорон өлбүт. Ксефонтон Г. В. Эллэйада. Якутск: Бичик. 2004, с. 82. 24. Нөмүгү уонна Өрсүүк нэһилиэктэрэ Бөдьөкөттөн тахсаллар. Ксефонтон Г. В. Эллэйада. Якутск: Бичик. 2004, с. 97. 25. Соххор Дуурай. Соххор Дуурай бары малдьаҕардар төрүттэрэ. Кини туспа сэриилээҕэ үһү. Урут Бүлүүгэ сылдьан биир хараҕын сүтэрбит. Хапсар уонна Дьапсар диэн уолаттара оҕу хабаллар эбит. Тараҕай Арыыгы олорбут. Ксефонтон Г. В. Эллэйада. Якутск: Бичик. 2004, с. 123. 26. Бахай. Эллэй Боотур аалынан Лиэнэ төбөтүттэн устан кэлэн баран аан бастаан тохтообут сирэ. Ити сир Нөмүгү таһыгар баар. Итиннэ “Кут-сүр” түмсүү 1990 сыллаахха таас туруорбута. Мин көрбүтүм. 27. Остоолбо Хайа. Лиэнэ остоолболоро 150 миэтэҕэ тиийэ үрдүктээхтэр, 8 көс уһуннаахтар. Павлов А. С. Лена от истока до устья. Якутск: Бичик, 1994, с. 79 28. Өктөм. Былыр манна Дыгын уустара олорбуттар. (Барыта 200-тэн тахса кыһалаах уус баара дииллэр). Ксенофонтов Г. В. Эллэйада. Якутск: Бичик, 2004, с. 2067. Чурапчы 1. Сомукаан. Чакыр хонуутун баһыгар Мэҥэлиир суол төрдүгэр олорбут. Кини 23 оҕолоох эбит. 1920 сыл диэки өлбүт. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2006, с. 281. 2. Халаан уола. Хайахсыт сиригэр Балаҕаннах Нүөкүтэ диэн сиргэ халлаантан ааттаах киһи түспүт уонна биир кыыска оҕо оҥорбут. Ол сир билигин Маҥан Атыыр дэнэр. Ол оҕо Тимир Бөчөкө диэн ойуун буолбут. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2006, с. 283. 3.Уот Иччитэ. Хайахсыт нэһилиэгэр Баачах диэн сиргэ Сахаар диэн оҕонньор хоно сыттаҕына уот иччитэ түүлүгэр киирэр. Ити кэнниттэн уот иччитин кытта бииргэ олорбуттар. Уот иччитэ араҥаччылаан хамначчыт Сахаар дьиэлэммит-уоттаммыт. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2006, с. 285. 4. Аллараа дойдуттан тахсар сүгэ олуга. Хадаар сиригэр Дааҕынай диэн күөл баар. Ити күөлгэ аллараа дойдуттан сүгэ оллуга тахсар диир эбиттэр. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2006, с. 295 5. Дьаардаах күөл. Дьаарылаабыт күөлгэ Кутуйах баай олорбут. Биирдэ 40 таһаҕастаах дьон кэлбиттэр. Ону барыларын кырган баран Дьаардаах күөлгэ тимирпиттэр. Онтон ыла күөл уута дьаардаах амтаннаммыт. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2006, с. 300. 6. Оонньуу. Сылан сиригэр Өйүк үрэгэр 700 сүөһүлээх Попов Гурий диэн баай олорбут. Кини хамначчыта Чөҥөөйүк кубаны уонна улары өлөрбут. Онно оҕоннор эппит: “ Мин оонньуубун өлөртөөтүҥ”-- диэбит уонна сотору өлөн хаалбыт. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2006, с. 301. 7. Сылаҥ. Ураанай боотур Сылаҥ Булгунньагар хороон хастан олорон сэриилэспит. Ол сирэ Ураанай Тумула дэнэр. Кини Сылаҥ төрдө. Сэһэн Боло. Саха төрүттэрэ уонна кыргыс үйэтэ. Якутск: Бичик, 2006, с. 81. 8. Аллараа дойду. Былыр Бахсыга оройо аһаҕас булгунньаҕы тобулу үктээн оҕус түһэн хаалбыт. Хабар диэн киһини быалаан булгунньах хайаҕаһанан түһэрбиттэр. Оҕуһа биир уулаах көлүччэ кытыытыгар мэччийэ сылдьар эбит. Оҕуһу состорон таһаарбыттар. Дьөллөҕөһү бүөлээбиттэр. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2006, с. 303. 9. Чурапчы. Чурапчы күөл улахан. Онтон Чурапчы бөһүөлэгэ тоҕус томторго турар. Мин көрбүтүм. 10. Уот Куудаҥса. П. А. Ойуунускай “Уот Куудаҥса” диэн кэпсээни суруйар. Кини Чурапчыга олорбут киһи буолар. 11. Кэрэх. Чурапчы Кылааннааҕар Баҕахтаах диэн сиргэ 38 кэрэх баар. Багдарыын Сүлбэ. Ыал-ийэтинэн. Якутск: Бичик, 1994, с. 122. 12. Тэйэр Хайа. Тэйэр Хайа былыргы аата Кыыс Хайа диэн. Багдарыын Сүлбэ. Ыал-ийэтинэн. Якутск: Бичик, 1994, с. 116. П. А. Ойуунускай бу хайаҕа “Көтөрдөр мунньахтара” буолбутун туһунан суруйбута. 13. Тустуу. Иккис Игидэйгэ былыр ыһыахха Айыы бөҕөһө Иуда Ньукулай, абааһы бөҕөһө Өрө Харах Өндүрэй буолбуттар. Тустан Өрө Харах хоппут. Онно дьахталлар ытаспыттар.

Багдарыын Сүлбэ.

Оройтон саҕалаан. Якутск: Бичик, 2008, с. 69. 14. Быакана. Хадаар сиригэр былыр Быакана диэн күөл баар эбит. Бүөтүр Дьоскуоскай диэн киһи хордорбут. Онтон сотору буолан баран ол Бүөтүр ыйанан өлбүт.

Багдарыын Сүлбэ.

Оройтон саҕалаан. Якутск: Бичик, 2008, с. 15. Этиҥ түһүүтэ. Балҕаһы 1730 сыл диэки олорбут. Дойдута Харбаан эбит. Сэттэ ураһа дьонноох эбит. Ону биирдэ чаҕылҕан охсон барыларын өлөртөөн кэбиспит. Онно Чаалка диэн ойууну буруйдуу санаабыттар.

Багдарыын Сүлбэ.



Сири-халааны кыйа анааран. Якутск: Бичик, 2008, с. 40. 16. Боотур ууһа. Дэли Дархан Хара Оҕонньор диэн уоллаах эбит. Киниттэн Батас Мөдүкээн төрөөбүт. Кини боотур ууһун төрдө буолбут. Уолаттара: -Алчаҕар Ньамнах. -Кытаанах Баллыр. -Үрүҥ Бас Болтоҥо. Ксенофонтов. Г. В. Эллэйада. Якутск: Бичик, 2004, с. 144. 17. Хара Оҕонньору арыт Батыгыр Баатыр дииллэр эбит. Киниттэн боотур уустара үөскүүллэр. Кини Дыгыҥҥа хара буола сылдьыбыт. Ксенофонтов. Г. В. Эллэйада. Якутск: Бичик, 2004, с. 145. 18. Батас Мөдүкээн. Батас Мөдүкээн Таата урэххэ Малла күөлгэ олорбут. Ксенофонтов. Г. В. Эллэйада. Якутск: Бичик, 2004, с. 146. 19. Олоҥхоһут Олоодо. Хайахсыт олоҥхоһута Олоодо былыр улаханнык аатырара. Бэл Дьүлэй Бүөкээн чабырҕаҕар киирэр. Ермолаев В. Чурапчы олоҥхоһуттара. Якутск: Бичик, 1994, с. 8. 20. Сыыдам Сыҥалаабыт. 1700 сыл ортотугар Сыыдам Сыҥалаабыт Куоһаҕаллай диэн кэргэнин сөбүлээбэккэ ыйанан өлөр. Кини Омуоруйа баай кыыһа эбит. Омуоруйа 12 манньыаты ууллаттаран мэтириэтин кутарар. Баайын-малын түкүйэлииллэр. Тоҕус сылгыны кэрэх тутталлар. Кэлин кыыс улахан үөр буолар. Ааспыт үйэлэр үһүйээннэрэ, чахчылара. Якутск: Бичик, 2005, с. 5-6. 21. Ырыа Хооһой. Кини Чакыртан төрүттээх эбит. 1860 сыллаахха төрүүр. Атаҕа ыалдьар буолан чугас эргин сылдьыбыт. Кини 40-ча олоҥхону билэрэ. 1919 сыллаахха өлөр. Ермолаев В. Чурапчы олоҥхоһуттара. Якутск: Бичик, 1994, с.36-37. 22. Сэһэн Боло. Сесен Иванович Боло—Сэһэн Боло Болугур нэһилиэгэр 1905 сыллаахха төрүүр. Кини 1925 сылтан фольклор матырыйаалларын хомуйар: 600 үһүйээни, 100 төрүччү табылыыссатын хомуйар. Эргис Г. У. Очерки про якутскому фольклору. Якутск: Бичик, 2008, с. 85-86. 23. Коркин. 1976 сыллаахха олимпийскай бөлөххө Д. П. Коркин үс уола киирэллэр. Бу сөҕүмэр ситиһии буолар. Ян Дымов. На ковре—чемпионы. Якутск: 1985, с. 138. 24. Омуоруйа. Омуоруйа баай Чакыр нэһилиэгин киһитэ. Кини 1770 сыл эргин өлбүтүгэр уолаттара 40 аты хоолдьуга туттубуттар. Кини Сутуруолаах булгунньаҕар көмпүттэр. Ааспыт үйэлэр үһүйээннэрэ, чахчылара. Якутск: Бичик, 2005, с. 6-7. 25. Таатта төбөтө. Таатта синньигэс кумах түгэхтээх үрэх. Ол гынан баран хочо курдук хонуулардаах. Онно араас сибэккилээх, сыттаах от үүнэр. Таатта төбөтүгэр күөл баар. Тыаҕа моонньоҕон дэлэйдик үүнэр. Мин көрбүтүм. 26. Балагыас. Төрүүтүнэ Пелагея Михайловна-Балагыас 1880 сыллаахха Мугудайга төрөөбүт. Кини биллэр олоҥхоһут эбит. Элбэх олоҥхоһуттары кытта бииргэ ыллаабыт. Кинини арыт Ырыа Ымыычаан диэн ааттыыр эбиттэр.Кырдьыар диэри ыллаабыт. Ермолаев В. Чурапчы олоҥхоһуттара. Якутск: Бичик, 1994, с. 34. 27. Пинигин. Павел Пинигин Дириҥ сэлиэнньэтигэр төрүүр. 1976 сыллаахха Монреальга тустууга олимпийскай чөпүйүөн буолар. Ян Дымов. На ковре—чемпионы. Якутск: 1985, с. 172. 28. Саввин. Андрей Андреевич Саввин Болтоҥо нэһилиэгэр 1896 сыллаахха төрүүр. Кини элбэхтик фольклорнай экиспэбиисэйэҕэ сылдьыбыта. Элбэх матырыйаалы хомуйбута. 1951 сыллаахха өлөр. Эргис Г. У. Очерки по якутскому фольклору. Якутск: Бичик, 2008, с. 87-89. 39. Протасов ойуун. Н. Н. Протасов аатырбыт ойуун 1924 сыллаахха ойууннууртан акаастанан хаһыакка суруйар. Онтон 1926 сыллаахха кыырара биллэр. Васильева Н. Д. Якутское шаманство 1920-1930-е гг. Якутск: 2000, с. 53-54, 60. 30. Дорофеев оҕонньор. Дрофеев оҕонньор ойбоҥҥо сөтүөлүүр. Кини урут сүрдээх ыарыһах эбит. Онтон ууга сөтүөлүүр буолбутуттан ыалдьыбат буолбут. Мин көрбүтүм. 31. Арчы Дьиэтэ. 2010 сыллаахха Чурапчыга Арчы Дьиэтэ тутуллар. Бу улуустарга ттуллубут бастакы итэҕэл дьиэтэ буолар. Мин көрбүтүм. 32. Чурапы көһүүтэ. 1941 сыллаахха Чурапчы улууһуттан 41 холкуос көһөрүллэр. Кэбээйигэ, Булуҥҥа, Эдьигээҥҥэ бараллар. Олортон 2000 кэриҥэ киһи сутаан уонна атын ыарыыттан өлөр. Чурапчы алдьархайа. Якутск: БичиК. 1993, с. 8, 9, 15. 33. Одьолуун алдьархайа. Интирнээт умайан элбэх оҕо умайан өлөр. Бу алдьархай Арасыыйаҕа диэри биллэр. 34. Эмискэ өлүү. 60-с сылларга биир сайылык дьоно эмискэ биллибэт ыарыыттан өлөрөлллөр. Өлүктэри соҕуруу илдьэн көрөллөр. Ханнык да быһапарыыны биэрбэттэр. Дьон байыаннай экиспэримиэн түмүгэ дииллэр. 35. Төрөкөй Мугудай нэһилиэгин төрдө Төрөӄөй диэн киһи эбит. Олус улахан уҥуохтаах, тоҕус ойозтоох элбэх оҕолоох киһи эбит. Үөһээни атыыр түһэн кини атыырын кытта охсуһан хотторбут. Үһүйээннэр, номохтор. Якутск: Бичик, 2004, с. 271-272, 275-276.

<предыдущая страница | следующая страница>


Якутск: Ситим, 1993

Бөҕөнү харыстыырга киһи хатыахтаах, сөпкө аһыахтаах, ыраастык туттуохтаах. Үгүс киһи эдэр эрдэҕинэ чэгиэнин оччо харыстаабат. Кини кырдьыам дии санаабат. Дьиҥэр доруобуйаны хаһан б

1145.23kb.

17 12 2014
6 стр.


Российская федерация любительского собаководства якутская республиканская ассоциация собаководов региональная выставка собак всех пород

Якутск. Адрес Организаторов : Республика Саха Якутия, г. Якутск, улица Шавкунова 82, Телефон /4112/ 422698 Email

826.21kb.

16 12 2014
4 стр.


Белорусская федерация биатлона

Романовский Максим г. Минск кмс 20 1993 1 0 00: 24: 02 +00: 00 30 2 Марченко Александр Могилёвская обл. Мс 2 1993 2 2 00: 24: 26 +00: 24 29

24.7kb.

08 10 2014
1 стр.


К вопросу о миграции Главного водораздела Большого Кавказа 1993 г. Ю. В. Ефремов, В. Д. Панов

Геоморфология, (отдельный оттиск), №2, апрель – июнь, Москва, 1993, стр. 95 – 100]

100.25kb.

16 12 2014
1 стр.


Российская федерация любительского собаководства якутская республиканская ассоциация собаководов региональнная выставка собак всех пород шоу чемпионов

Региональнная выставка собак всех пород "шоу чемпионов 2006" 08/10/2006 Г. Якутск. Адрес Организаторов : Республика Саха Якутия, г. Якутск, улица Шавкунова 82, Телефон /4112/ 42269

891.04kb.

14 12 2014
7 стр.


Список использованной литературы: о реабилитации жертв массовых политических репрессий: Закон рк от 14 апр. 1993 г

О реабилитации жертв массовых политических репрессий: Закон рк от 14 апр. 1993 г. // Казахстанская правда. 1993. 27 мая

16.73kb.

04 09 2014
1 стр.


Искусству внутренних покоев

Воспроизводится по изданию: Петербургское Востоковедение. Вып. Спб., 1993. Центр “Петербургское Востоковедение”, 1993

430.59kb.

25 12 2014
2 стр.


Анализ отдельно взятых отраслей на период с 1993 по 1998год

Целью этой курсовой работы является изучение и анализ проблем и методов их решений в России за период 1993 по 2002 годы

254.25kb.

09 10 2014
1 стр.